Бэс ыйын 18 күнүгэр 2003 сыллаахха Бүлүү улууһун өрөгөйүн ырыата бигэргэтиллибит, 2006 сыллаахха Байконур космодромтан Казахстан бастакы геостационарнай спутнига «Казсат» тахсыбыт. «Онтон аан дойду чахчытын бэлиэтиир эбит буоллахха, 1812 сыллааха АХШ Улуу Британияҕа сэрии биллэрбит. История чахчыларын Бикипиэдьийэҕэ киирэн ааҕыҥ», — диэн суруйар Ньукулай Халан.
🔹1429 — Франция уонна Англия Сүүс сыллаах сэриилэрин кэмигэр быһаарылаах Пате кыргыһыыта буолбут. Франция аттаах рыцардарын сэриитэ Англия үксүн сатыы охчуттартан турар сэриитин кыайбыт. Сотору кэминэн Франция англичаннартан босхоломмута.
🔹1812 — АХШ Улуу Британияҕа сэрии биллэрбит. Бу 1815 с. диэри барбыт сэриини АХШ-ка билигин Босхолонуу иккис сэриитэ дииллэр, тоҕо диэтэххэ Британия сабыдыалыттан босхолонорго олук буолбута. Британия өттүгэр элбэх индеецтэр сэриилэспиттэрэ.
🔹1815 — Бельгияҕа Ватерлоо куоратын таһыгар Наполеон сэриилэрин бүтэһик улахан кыргыһыыта буолбут. Англия уонна Пруссия аармыйалара Франция аармыйатын урусхаллаабыттар.
🔹1859 сыллаахха (Юлиан халандаарынан бэс ыйын 6 күнүгэр) Сибиир кэмитиэтэ Саха уобаластааҕы бырабылыанньатын иһинэн типография аһар туһунан балаһыанньа таһаарар. Бу казеннай типография өр сылларга Саха сиригэр суос-соҕотох типография этэ.
🔹1873 — суфражистка (фр. suffrage — талар быраап) Сьюзен Энтони АХШ бэрэсидьиэнин быыбарыгар кытта сатаабытын иһин 100 дуолларга ыстырааптаммыт. Өчөһөн ыстыраабын төлөөбөтөх. Дьахталлар быыбарга кытталлара аан дойду үрдүнэн бобуулаах этэ, холобур, Арассыыйаҕа бу быраабы аан бастаан Финляндия Улуу княжествотын үөрэхтээх дьахталлара 1906 сыллаахха ылбыттара (оттон импиэрийэ атын сирдэригэр — 1917 сыл муус устар 15 күнүгэр).
🔹1953 — Эгиипэт өрөспүүбүлүкэ буолбут (1922 сыллаахха Улуу Британияттан тутулуга суох буолбута).
🔹2003 — Бүлүү улууһун өрөгөйүн ырыата бигэргэтиллибит.
🔹2006 — Байконур космодромтан Казахстан бастакы геостационарнай спутнига Казсат тахсыбыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1907 — Варлам Шаламов (1982 өлб.), ГУЛаг туһунан аатырбыт кэпсээннэри суруйбут киһи.
🔸1911 — Григорий Кузнецов (06.1953 өлб.) Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1944).
🔸1927 — Амма Покровкатыгар Матвей Лобанов — опера ырыаһыта, Саха АССР норуодунай артыыһа. Гайдай киинэтигэр уһуллубут түгэннээх. Быраата Федор эмиэ биллиилээх ырыаһыт этэ.
🔸1936 — Ньурбаҕа РФ бочуоттаах архыбыыһа, ССРС уонна СӨ архыыбын дьыалатын туйгуна Александр Калашников төрөөбүт. Кини аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй кэриэс суругар ахтыллар. Саха сирин архыыптарын матырыйаалларынан таһаарбыт үс туомнаах кинигэтэ билигин устуоруйаны сэргээччилэргэ барыларыгар кэриэтэ баар.
🔸1975 — Сунтаарга Айаал Аммосов — Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр:
🔹1928 — Руаль Амундсен (от ыйын 16, 1872 төр.), Норвегия айанньыта уонна полярнай чинчийээччитэ. Дьону быыһыы сылдьан сураҕа суох сүппүтэ. Хотугу уонна соҕуруу полюстарга иккиэннэригэр сылдьыбыт бастакы киһи.
🔹1936 — Максим Горькай өлбүт. Билиилээх суруйааччы өлүүтэ элбэх сураҕы тарҕаппыта. НКВД тойоно Генрих Ягода икки сыл буолан баран ытылларыгар суруйааччыны Троцкай бирикээһинэн өлөттөрбүтүм диэн билиммитэ, бу дьыалаҕа хас да киһи суорума суолламмыта. Сталин өлөттөрбүтэ диэн публикациялар хойут эмиэ тахсыталаабыттара. Дьиҥэ хайдаҕа биллибэт, сиэннэриттэн гириибинэн сутуллан баран эбии тымныйбытын уонна тыҥата тыыммат буолан өлбүтүн туһунан быраастар суруйуулара баар.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Лобанов_Матвей_Матвеевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэс_ыйын_18
https://sah.wikipedia.org/wiki/Аммосов_Айаал_Александрович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Калашников_Александр_Александрович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Руаль_Амундсен
https://sah.wikipedia.org/wiki/Эгиипэт
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бүлүү_улууһун_өрөгөйүн_ырыата