Орто Халыма улууһун эбээн омук түөлбэлээн олорор Берёзовка национальнай көһө сылдьар нэһилиэгэр Тупсарыы Сылыгар анаммыт үлэлэр ыытыллаллар. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Юрий Нестеров бу курдук СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Нэһилиэккэ Тупсарыы Сылыгар ылыммыт былааммытынан үлэ бара турар. Бастатан туран, иккис нүөмэрдээх уопсай олорор дьиэ таһа кырааскаланна, бу үлэҕэ 200 тыһыынча солк. туһанылынна. Маны тэҥэ 350 тыһыынча солк. суумаҕа дьиэ күрүөтэ тутулунна«, — диир баһылык.
Билигин нэһилиэккэ киирэр айан суолугар бөһүөлэк аатын ыйынньыгын оҥоруута бара турар. Тутууга 117 тыһыынча 400 солк. көрүллүбүт. Итини сэргэ нэһилиэнньэ бөх тоҕор сыбаалката күрүөлэннэ, манна 300 тыһыынча солк. туттулунна. Нэһилиэк иһинээҕи суолу-ииһи тупсарыыга от уонна бэс ыйдарга элбэх үлэ барда. Суолу дэхсилээн, оҥхойдоон толорон, гравий таһыллан кутуллубут. Уопсайа 870 тыһыынча солк. үлэ ыытыллыбыт.
«Маны тэҥэ ааспыт ыйга 75 миэтэрэ усталаах дьон хаамарыгар табыгастаах тротуар оҥоһуллан тэлгэннэ. Оҥоруутугар 232 тыһыынча солк. тыырыллыбыта. Мантан салгыы нэһилиэк иһигэр мас олордор үлэ күүтэр. Былаан быһыытынан, 1000 устуука араас маһы олордуохтаахпыт. Бу сыалга 570 тыһыынча солк. туһаныахпыт. Бу эппит бары үлэлэргэ ИП Н.Н.Слепцов биригээдэтэ үлэлиир», — диэтэ Юрий Нестеров.