22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бе-200 сөмөлүөт 100-тэн тахса туонна ууну ойуур баһаардаах икки улууска кутта

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Россия ЫБММ ЧС Бе-200 амфибия сөмөлүөтэ 105 туонна ууну ойуур баһаара буола турар Өлүөхүмэ улууһун Дабаан уонна Мииринэй оройуонун Заречнайыгар кутта. Ол туһунан суһал мунньахха регионнааҕы управление салайааччытын солбуйааччы Виталий Немцов эттэ.

Салгын суудуната этиллибит территорияларга 12 кутууну оҥордо. Сөмөлүөт Мииринэй куоракка баазаланар.

От ыйын 4 күнүн киэһэтигэр 20 муниципальнай оройуоҥҥа 113 ойуур уота баар, уопсай иэнэ 291 тыһыынча гектар уонна биир ландшафтнай, иэнэ 5,5 тыһыынча га. Улахан өттө хонтуруол зонатыгар баар — ыраах, суола-ииһэ суох сирдэргэ.

Суһал штаб оһуобай болҕомтотугар — 18 ойуур уота бэлиэтэнэр, нэһилиэнньэлээх пуунтан 15 км тэйиччи. Сэттэтэ бохсулунна, куттал суоһаабат.

Ыарахан балаһыанньа Дабаан таһыгар икки сиргэ бэлиэтэнэр, онно ЧС Бе-200 үлэлиир. Нерюнгри Хани сэлиэнньэтигэр эмиэ балаһыанньа уустук. Иккиэннэригэр уоту умуруорууга күүс уонна кыах эбиллэр.

Баһаары умуруорууга барыта 1,5 тыһыынча киһи уонна 77 сиринэн сылдьар техника үлэлиир. Авиация кыттар. Авиациянан кэтээн көрүүгэ 18 борт, уоту утары охсуһууга 9 сөмөлүөт. «Авиалесоохрана» Ан-26 «Циклон» зондировщига Өлүөхүмэҕэ үлэлиир, салгыы Забайкальскай кыраайга барар. Онно эмиэ балаһыанньа уустук.

Нам улууһугар, Хаҥаласка миэстэлэринэн, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус Майаҕа, Өлүөхүмэ соҕуруу өттүгэр, Томпоҕо, Абыйга ойуурга V кылаастаах үрдүк баһаар куттала баар, Алдан хоту өттүгэр — IV кылаастаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА