16 Олунньу 16.02
  • -23°
  • $ 77,19
  • 91,56

Барыллаан куоластааһыҥҥа Саха сиригэр 100 тыһ тахса киһи регистрацияланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 24 күнүн сарсыардатыгар «Биир ньыгыл Россия» баартыйа ыытар барыллаан куоластааһыныгар 51 045 Саха сирин олохтооҕо кытынна, 102 000 регистрацияламмытыттан.

Бу дааннайдар Саха сирин дойдуга буола турар барыллаан куоластааһыҥҥа лидер оҥордулар.

«Биир ньыгыл Россия» баартыйа регионнааҕы салаатын салайааччыта Руслан Платонов эппитинэн, быйыл быыбардааччылар көхтөөхтөр. «Бэйэлэрин кандидатураларын куоластааһыҥҥа дьиҥнээх лидердар туруордулар — бу анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтара, биллэр уопсастыбанньыктар, ыччат. Бу дьон куоластааһыҥҥа соҕотох буолбатахтар, кинилэри кытта биир санаалаахтарын хамаандалара бааллар», — диэтэ Руслан Платонов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА