8 Балаҕан ыйа 08.09
  • 14°
  • $ 89,82
  • 99,72

Балаҕан ыйын 5 күнэ. Чулуу тренер Дмитрий Коркин төрөөбүт - Бикипиэдьийэ

09:01, 05 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аһымал аан дойдутааҕы күнэ.

1914 сыллаахха Дьокуускайтан Бүлүүгэ диэри телеграф үлэҕэ киирбит.

Ити сыл Чурапчыга икки кылаастаах оскуола аһыллыбыт.

1922 сыллаахха Манчаары культурнай-сырдатар уопсастыба аата «Саха омук» диэҥҥэ уларытыллыбыт.

1940 сыллаахха Аркадий Гайдар «Тимур уонна кини хамаандата» сэһэнэ бэчээттэммитин, киинэ уһуллубутун кэннэ Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дьоҥҥо көмөлөһөр тимуровецтар хамсааһыннара саҕаламмыт.


Бэлиэ күннэр:

  • Аһымал аан дойдутааҕы күнэ. 2012 сыллаахха ХНТ олохтообута

Түбэлтэлэр:

  • 1698 — Бүөтүр I ыраахтааҕы дойдуну арҕаа дойдуларга чугаһата сатаан бытык түһээнэ олохтообут. Бу түһээни сэҥийэлэригэр бытыктаах дьон (таҥара үлэһиттэриттэн уонна бааһынайдартан уратылар) бары төлүөхтээхтэрэ.
  • 1883 — (эргэ истиилинэн атырдьыах ыйын 24 күнүгэр) Николай Чернышевскай Бүлүүтээҕи хаайыытыттан босхолонон чып кистэлэҥинэн Астрахань куоракка ыытыллыбыт. Онно эрэ тиийэн харабылларыттан босхоломмут, ол эрээри, син биир атын сиргэ олохсуйар бырааба суох кэтэбилгэ олорбут.
  • 1905 — Портсмуттааҕы дуогабарга илии баттаммыт, нуучча-дьоппуон сэриитэ бүппүт. Кэриэйэ уонна Порт-Артур тулата Дьоппуон сабыдыалын сфератыгар киирбиттэр, Сахалин арыытын соҕуруу аҥаара Дьоппуон сирэ буолбут.
  • 1907 (урукку стиилинэн атырдьах ыйын 23) — Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран «Якутский край» хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
  • 1914 — Дьокуускайтан Бүлүүгэ диэри телеграф үлэҕэ киирбит.
  • 1914 — Боотур уус улууһун киинигэр Чурапчыга икки кылаастаах оскуола аһыллыбыт.
  • 1914 — Аан дойду бастакы сэриитэ: 8 күннээх Марна кыргыһыыта саҕаламмыт. Париж диэки кимэн киирэн иһэр ниэмэс аармыйатын французтар тохтоппуттар уонна төттөрү бырахпыттар. Манан Шлиффен былаана, о.э. түргэнник Францияны кыайан баран соҕотох Арассыыйаны утары киирсии, таҥнастыбыт. Германия түөрт сыл усталаах икки фронунан ыарахан позиционнай сэриигэ батыллыбыта.
  • 1922 — Манчаары культурнай-сырдатар уопсастыба аата «Саха омук» диэҥҥэ уларытыллыбыт. Бэрэстээтэл — Василий Леонтьев.
  • 1932 — Саха сирин Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (СНК) Саха сиринээҕи «Госкино» управляющайа Чернышев дакылаатын истэн баран уураах таһаарбыт «Об организации фонда кинофикации и образовании Комитета кинофикации при СНК ЯАССР».
  • 1940 — «Пионерская правда» хаһыакка Аркадий Гайдар «Тимур уонна кини хамаандата» сэһэнин бэчээттээн саҕалаабыттар. Бу сыл сэһэнинэн киинэ уһуллан тахсыбыта. Ол кэннэ Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дьоҥҥо көмөлөһөр тимуровецтар хамсааһыннара саҕаламмыта.
  • 1967 — Кырыым татаардарыгар амнистия биллэриллибит, сэрии кэмигэр ниэмэстэргэ көмөлөһүүгэ бүтүн норуоту буруйдуур сыыһата этиллибит. Ол эрэн Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыар диэри татаардар дойдуларыгар төннөллөрүн бопсор этилэр, тиийбит дьону Кырыымтан үүрэллэр этэ.

Төрөөбүттэр:

  • 1825 — Ричард Маак (Richard Maack) — натуралист, Сибиири уонна Уһук Илини чинчийээччи, педагог. Хас да экспедицияны тэрийэн ыыппыта — ол иһинэн Саха сирин Бүлүү уокуругар (18531855 сыллардаахха), аан маҥнай БүлүүЧуонаӨлүөхүмэ тардыыларын айылҕатын, геологиятын уонна олохтоохторун чинчийбитэ. Ону таһынан Амур уонна Уссури өрүстэр тардыыларын чинчийбитэ.
  • 1832 — Сергей Боткин (өлб. 1889) — Арассыыйа аатырбыт бырааһа.
  • 1880 — Николай Грибановскай төрөөбүт, Саха сирин билим библиографиятын төрүттээччи (1880—1942).
  • 1915 — Захар Түнгүрээдэп — Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, араас сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна драма тыйаатырын дириэктэринэн уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтикэ дириэктэринэн үлэлээбитэ.
  • 1928 — Дмитрий Коркин — Саха сиригэр тустуу сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, үс олимпиеһы бэлэмнээн таһаарбыт тренер. 1985 сылтан ыла кини аатынан дойдулар ыккардыларынааҕы таһымнаах турнир ыытыллар.

Өлбүттэр:

  • 1906 — Людвиг Больцман (1844 төр.), Австрия физигэ, статистическай физика уонна физическай кинетика олохтооччута.
  • 2003 — Кир Булычёв (дьиҥнээх аата Игорь Всеволодович Можейко; 1934 төр.), фантаст суруйааччы.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА