Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуулар 2022 сылга Владивостокка ыытыллыахтара. Бу туһунан, сэтинньи 21 күнүгэр Дубайга буолбут, Азия Олимпийскай сэбиэтин 40-с генеральнай ассамблеятыгар биллэрдилэр.
“Азия оҕолорун” президенэ Владимир Максимов VII ооньууларга туох бэлэм бара турарын кэпсээтэ. Блиҥҥи туругунан, 24 араас дойду бэйэлэрин спортсменнарын ыытар былааннаахтарын биллэрбиттэр.
Ассамблея үлэтигэр 30 кэриҥэ араас дойду салайааччылара, Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт, национальнай олимпийскай кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ, континеннар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бэдэрээссийэлэрэ кытыннылар.
Дубайга сылдьан, VII “Азия оҕолорун” оонньууларыгар кыттыахтаах дойдулар салайааччыларын кытары оробуочай көрсүһүүлэр буоллулар. Владивосток куоракка буолбут семинарга 14 араас дойду кыттар былааннаахтарын биллэрбит буоллахтарына, бу сырыыга 10 дойду эбилиннэ: Афганистан, Бахрейн, Индия, Ирак, Ливан, Кувейт, Малайзия, Мальдивы, Таджикистан, Филиппины.