Атырдьах ыйын 16 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 228-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 229-c күнэ). Сыл бүтүө 137 күн баар. 2006 сыллаахха бу күн саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Анастасия Варламова күн сириттэн күрэммит. Анастасия Николаевна 40-н тахса норуот сөбүлээн ыллыыр ырыаларын суруйбута. Биир бастыҥ ырыатынан «Аҕам алааһа» буолар. Бу ырыатын абаҕатыгар, уон оҕо аҕатыгар Петр Елисеевич Варламовка анаабыт. Лэбийэ — Петр Елисеевич оттуур алааһын аата эбит.
Бэлиэ күннэр:
- Доминика Өрөспүүбүлүкэтэ — Өрөспүүбүлүкэ сөргүтүллүбүт күнэ.
- Италия — Сиенатааҕы Палио — сылга иккитэ буолар ат сүүрдүүтэ.
Түбэлтэлэр:
- 1851 — «Положение об управлении Якутской областью» диэн уурааҕынан Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэ састаабыттан таһаарыллыбыт уонна 1852 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Илин Сибиирдээҕи генерал-губернаторство састаабыгар күбүөрүнэ бырааптаах уобалас буолбута.
- 1896 — Канаада арҕаа өттүгэр Клондайк диэн үрэххэ кыһыл көмүс көстүбүт. Элбэх айымньыга, ол иһигэр Джек Лондон кинигэлэригэр ахтыллар «Көмүс үлүскэнэ» саҕаламмыт — сүүс тыһыынча киһи байар абылаҥар ылларан көмүс көрдүү аттаммыт. Бу күн билигин да Доусон куоратыгар киэҥник бэлиэтэнэр.
- 1918 — Байкал күөлүгэр Чехословак легиона уонна Кыһыл Аармыйа хараабылынан кыргыспыттар.
- 1926 — Бүлүү Дьөккөнүттөн төрүттээх Степан Гоголев Саха АССР юстициятын хамыһаара уонна борокуруора буолар.
- 1971 — Баhрейн Британия протекторатыттан босхоломмут.
- 2009 — Дьамайка сүүрүүгэ Усейн Болт Берлиҥҥэ буолбут Чэпчэки атлетикаҕа аан дойду чөмпүйэнээтигэр 100 миэтэрэни 9:58 ааһан аан дойду рекордун олохтообут.
- 2017 — Аан дойдуга ртуть туттуллуутун аҕыйатар сыаллаах Минамата конвенцията күүһүгэр киирбит.
Төрөөбүттэр:
- 1936 — Ньурба Чаппандатыгар Павел Стасов — Саха АССР-га спортивнай ох сааннан ытыыны киллэрбит уонна сайыннарбыт киһи.
- 1949 — Юрий Шейкин — аҕыйах ахсааннаах омуктар муусукаларын үөрэтэр чинчийээччи. АГИКИ преподавателэ.
- 1975 — Анна Данилова — фольклорист учуонай, филологическай билим кандидата.
Өлбүттэр:
- 1977 — Элвис Пресли — аатырбыт ырыаһыт, музыка суруйааччы.
- 1981 — Томмокко Виктор Захаров (07.02.1901 төр.) — Эмэлдьээктээҕи сүлүүдэлээх сири арыйбыт киһи. Амматтан төрүттээх дьон дьиэ кэргэнигэр Чекунда диэн билигин Хабаровскай кыраайга киирэр сиргэ төрөөбүтэ.
- 2006 — Анастасия Варламова (23.03.1948 төр.) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.