Итирдэр утахтары атыылыыр бириэмэ сокуонунан хааччахтаах буолан, улуустарга, нэһилиэктэргэ арыгыны кистээн атыылыыр «туочукалар» бааллара биллэр. Манныгынан дьарыктанар киһи административнай эрэ буолбакка, холуобунай эппиэккэ эмиэ тардыллыан сөп.
СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар Чурапчы улууһун борокуратуурата сүрүннүүр мунньах ыыппыт. Манна быраабы араҥаччылыыр уорганнар салайааччыларыгар итирдэр утахтары сокуоннайа суохтук атыылааһыны бэрэбиэркэлииллэрин күүһүрдэргэ сорук турбут.
Бу дьаһал Чурапчы улууһугар хас иккис буруйу арыгы иһэн баран оҥороллоруттан сиэттэрэн үөскээбит. Маныаха улууска 2017 сыл устатыгар арыгыны сокуоннайа суохтук атыылыыр дьону холуобунай эппиэккэ тардыы чахчыта суох эбит.
Сүрүннүүр мунньахха кэпсэтии түмүгэр, бу 2018 сыл бастакы кыбаарталыгар ити сокуону кэһэн, административнай эппиэккэ 5 киһи тардыллыбытыттан, иккитигэр — борокуратуура бэрэбиэркэтинэн.
Маны таһынан, Чурапчы полициятын дознаниеҕа отдела итирдэр утахтары сокуоннайа суохтук атыылыыр биир «туочука» хаһаайыныгар РФ Холуобунай кодексатын 171.4-с ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрийэн силиэстийэлиир.
Онон, арыгыны кистээн атыылаан ас таһаарынааччылар, дьоҥҥо куһаҕан содуллаах, олохторугар охсуулаах дьаллыгынан дьарыктанаргытын тохтотуо этигит!