Үөһээ Халыма оройуонун Нелемное сэлиэнньэтигэр быраас амбулаторията арылынна. Манна 250 киһи олорор, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сигэнэн СИА суруйар.
Медицина эбийиэгэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна, регионнааҕы саҥардыы бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн. Амбулаторияҕа быраас кабинета, күнүскү стационар уонна процедурнай баар.
«Бырабыыталыстыба уонна министиэристибэ өйөбүлүнэн эбийиэк алта ый иһигэр тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Бэдэрээччик — «Азия Трейд» ХЭУо. Тыа сиригэр үлэлииргэ усулуобуйа барыта тэриллибит, ол курдук бастакы көмөнү, медицинскай-санитарнай көмөнү оҥоруу ыытыллыаҕа», — улуус кылаабынай бырааһа Михаил Иванов эттэ.