22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Анастасия Диодорова: Ким эрэ биһиги ыра санаабытын былдьаата

15:36, 25 августа 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин харбааһыҥҥа бастыҥ спортсмена Анастасия Диодорова Россия паралимпиецтарын Рио Оонньууларыттан туоратыыны хаҕыс быһаарыынан ааттаата. Ити туһунан киһи социальнай тиһиктэргэ баар бэйэтин балаһатыгар суруйар.


«Рио Ооннууларыгар кыттыы биһиги уопсай ыра санаабыт, сыалбыт-сорукпут, олохпут этэ. Ону барытын ким эрэ былдьаата. Маннык дьулаан быһаарыы түмүгэ дойдуга паралампийскай хайысха балысханнык сайдарыгар олугу ууруоҕа дии саныыбын», — диир Пекиннээҕи паралимпиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт Анастасия Диодорова.

«Анастасия билигин спортка ситиһиитин муҥутуур чыпчаалыгар сылдьар кэмэ. Кини бу Оонньууларга дьулуурдаахтык бэлэмнэммитэ. Анастасия кыһыл көмүс мэтээли ыларыгар бүк эрэнэр этибит. Токиоҕа ыытыллар аныгыскы Оонньууларга кини сааһынан хапсыбат, онон кыттар кыаҕа суох», — диэтэ Саха сирин паралимпийскэй кэмитиэтин салайааччыта Николай Дегтярев эттэ.

Анастасия Диодорова Рио Оонньууларыгар кыттар быраабы быйыл муус устарга Россия чемпионатыгар кыайан ылбыта. Ол кэнниттэн ый аҥаара буолан баран Европа чемпионатын кыһыл көмүс мэтээлин аҕалбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА