22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһугар мас уустарын оҥоһуктарыгар куонкурус буола турар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Амма бөһүөлэгэр «Муона чараҥа» И.А. Швердин аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Олоҥхо — өбүгэ ситимэ» мас уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара саҕаланна. Үс күн устата кыттыылаахтар скульптуралары айан оҥоруохтара. Бастыҥ оҥоһуктар Олоҥхо ыһыаҕын маастардар аллеяларын киэргэтиэхтэрэ, ол туһунан оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Куонкурсу ыытыы улуус олоҕор олус суолталаах. Олоҥхо — национальнай култуурабыт быстыспат чааһа, ол чэрчитинэн маһынан айан, чочуйан оҥорон таһаарыыны харыстаан илдьэ сылдьыы, олус улахан оруоллаах. Куонкурус кыттааччылара үрдүк маастарыстыбаларын көрдөрөллөрүгэр, дьиҥнээх искусствоны айан таһааралларыгар, оҥоһуктар улууспут киэргэллэрэ буолаллаларыгар эрэллээхпин», — диэтэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Бураев.

Куонкурус Олоҥо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытыллар, Амма оройуонугар бэс ыйын 19 — 20 күннэригэр тэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА