2023 сылга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр Өлүөнэ эбэни туоруурга паром тиксэр эбии причалын тутуохтара.
Бу массыыналар паромунан айанныылларыгар бириэмэлэрин сүтэрбэттэригэр ананар, диэн иһитиннэрдэ тырааныспар министиэристибэтэ.
Бэлиэтээбиттэринэн, саҥа причал биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин кэмигэр көтүрүллүбүт причал оннугар тутуллар. Онон Өлүөнэ эбэ икки кытылыгар биэстии причал баар буолуоҕа. Маны сэргэ, Дьокуускай — Аллараа-Бэстээх хайысханан массыыналар кэтэһэр территорияларын тупсарыыга былаан баар.
Былаһаакканы гравийынан кутуохтара эбэтэр аспааллыахтара, кумах быылын тохтотор туһуттан.