22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аллараа Бэстээххэ иһэр уу скважинатын үүттээтилэр

18:17, 10 сентября
Хаартыска: Ил Дархан бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр иһэр ууга аналлаах скважинаны үүттээтилэр. Гидрогеологтар 100 миэтэрэ дириҥнээх 2 скважинаны үүттээн, бэлэмнээтилэр.

Бырамыысыланнас, геология министиэристибэтэ иһиннэрбитинэн, сир аннынааҕы уу боруобатын лабораторнай чинчийиигэ ыыттылар. Бу эбийиэк үлэтэ 2024 сыл ахсынньытыгар түмүктэниэхтээх.

Кэнники 5 сыл устата гидрогеологтар Саха сиригэр 80-тан тахса сир аннынааҕы уу баар сирин буллулар. Саха сиригэр барыта 230 сир аннынааҕы уу ылыллар сирэ баар.

Саха сиригэр иһэргэ сөп түбэһэр сир аннынааҕы уу саппааһа 738 тыһыынча кубометрга тэҥнэһэр диэн сыаналыыллар. Сабаҕалааһын быһыытынан, 68 мөлүйүөн кубометр баар буолуон сөп.

Ил Дархан, бырабыыталыстыбын пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА