Саха сиригэр 10 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал сир учаастагын ылла. Ити 2011 сылтан саҕалаан. Ол туһунан тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов Ил Түмэҥҥэ бырабыыталыстыба чааһыгар эттэ, суруйар СИА.
Миниистир Павел Кылатчанов бэлиэтээбитинэн, муниципальнай тэриллиилэр «Развитие и освоение территории в целях стимулирования строительства индивидуальных жилых домов» бырагыраама «Реализация градостроительной политики, развитие и освоение территорий» хос бырагырааматынан олорор дьиэлэр түөлбэлэрин тутууга субсидия ылыахтарын сөп.
«Сүрүн ирдэбил — саҥа тутуллар түөлбэҕэ уонтан аҕыйаҕа суох кыттааччы баар буолуохтаах. Бвырайыактыыр-сметалыыр докумуон эбэтэр технологическай холбонууга сөбүлэҥ түһэрсиитигэр «намерение»», — диэтэ Павел Кылатчанов. Маннык тутуллар түөлбэҕэ кыттааччы ахсаанын 40%-на элбэх оҕолоох ыалларга ананар.
2021 сылга бу сыалга 126 мөл тахса солк көрүллүбүт. Инфраструктуранан 470 сир учаастага хааччыллыбыт. 2022 сылга субсидия сууматын улаатыннарар сорук турар.
«Быйыл эмиэ куонкурус ыытыллар. 140 мөл солк көрүллэр», — диэтэ кини.
Павел Кылатчанов эппитинэн, куонкурус бастакы көрүүтэ олунньу 22 күнүгэр ыытыллар: «500-тэн аҕыйаҕа суох сир учаастага баар буоларыгар кыһаллабыт».