22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Зоя Багынанова 80 сааһын бэлиэтээтэ

09:01, 25 апреля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар муус устар 22, 23 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, сыана маастара, уус-уран ааҕыы уонна киинэ эйгэтин уһулуччулаах талаана Зоя Багынанова 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ ыытылыннылар.

Саха театрын далбар хотуна, театральнай ускуустуба сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах, саха норуота киэн тутта ааттыыр, сүгүрүйэр киһитэ Зоя Багынанова ытык сааһын, бэйэтэ этэринэн, «сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан, сүрэх тэбэрин тухары» үлэ үөһүгэр көрсөр.

Ол курдук, муус устар 22 күнүгэрдьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт «Төлкө» испэктээкилгэ,куруук да буоларын курдук, сахабыт дьоно сааланы биир гына тоҕо анньан кэллилэр. Санатан эттэххэ, «Төлкө» испэктээкил өссө биэс сыл анараа өттүгэр Саха театрын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай туруоруутунан Зоя Петровна 75 сааһыгар тахсыбыта. Онтон ыла оонньуу театр репертуарын уҕараабат көрөөччүлээх айымньытынан буолар. Испэктээкил иннигэр өрөспүүбүлүкэ салалтата, култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ, эйгэлэһэн бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно, улууһун, төрөөбүт түөлбэтин дьоно-сэргэтэ эҕэрдэ тыл эриэккэһин, баҕа санаа бастыҥын эттилэр, сэмэй бэлэхтэри уонна наҕараадалары туттардылар.

Салгыы муус устар 23 күнүгэр күндү киһибит Зоя Петровна К.Чапек пьесатынан саҥа турбут «Ийэ» испэктээкилгэ сүрүн оруолу толорон көрөөччүлэрин, чугас дьонун, кэллиэгэлэрин үөртэ, долгутта, уйадытта.Үбүлүөйдээх киэһэ буруйдааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската Зоя Петровна бар дьонун иннигэр тахсан, испэктээкилгэ оонньообут артыыс уолаттарга, туруорааччы режиссер Василий Борисовка махталын тиэртэ уонна саҥа айымньы ситэн-хотон, бэйэтин киэбин булан, кэлэр сезоҥҥа көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсарыгар баҕарда.

Оонньууну көрө олорон уһулуччу талаан уонна артыыс идэтэ кэми уҥуордуур кыахтааҕар өссө биирдэ итэҕэйэҕин. Поклон кэмигэр саалаттан:«Браво, уһулуччу талаан – Зоя Петровна!», – диэн хаһыы ньиргийдэ, уруйдуур-айхаллыыр тыл этилиннэ. Онтон кэлбит ыалдьыттар, театр кэлэктиибэ, доҕоттор-атастар, аймах-уруу дьониспэктээкил кэннэ бырааһынньыктааҕы остуолга олордулар.

*     *    *

Зоя Багынанова Үөһээ Бүлүү улууһун Далырыгар 1942 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.1966 сыллаахха М.С. Щепкин аатынан Москубатааҕыүрдүкү театральнай училищены (институту) бүтэрэн кэлиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри театр ускуустубатыгарөйдүүн-сүрэхтиин бэринэн, үлэлии-хамсыы сылдьар.

Кини кэргэнинээн Федот Потаповтыын театр ускуустубата сайдыытыгар ураты суолу-ииһи тэлэн кэлбит дьон. Олоҕун аргыһынаан Ньурбаҕа көһө сылдьар драматическай театры, онтон Нерюнгрига куукула театрын төрүттээбит, тэрийсибит уонна салайсыбыт үтүө дьон буолаллар. Зоя Петровна саха телевидениетын уонна араадьыйатын кытта быстыспат ситими олохтоон, үгүс элбэхтик ааҕара, эпиирдэргэ тахсара, бырайыактары сүрүннүүрэ. Кини толорбут айымньылара билигин «Саха» НКИХ көмүс пуондатыгар хараллан сыталлар.

Зоя Петровна көрөөччү киэҥ араҥатыгар, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, киинэҕэ уһуллубутчаҕылхай уобарастарынордук биллэр.Үйэ-саас тухары умнуллубат гына айбыт оруолларын дьон эрэ барыта хайгыы көрөр, чугастык ылынар, талааныгар сүгүрүйэр. Маны таһынан кини саха литературатын айымньыларын уус-ураннык ааҕар, инсценировкалары туруорар, театр диэйэтэллэрин тустарынан хомуурунньуктары оҥорбут хомоҕой тыллаах, айар куттаахкиһинэн биллэр.

*     *    *

Петр Макаров, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын дириэктэрэ:

– Күндү көрөөччүлэрбитигэр бүгүҥҥү дьоро киэһэҕэ үөрүүбүтүн үллэстэ сааланы тобуус-толору тоҕо анньан кэлбиккитигэр  Саха театрын  бар дьонун аатыттан махталбытын биллэрэбит! Биһиги олус дьоллоох дьоммут: театрга 24саастаах эдэриттэн 80 саастаах ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ бааллар. Ол Сахабыт театрыгар урут-уруккаттан олоҕурбут үтүө үгэс. Эдэр дьон ону салгыыр,кинилэри харыстыыр эбээһинэстээхпит. Аҕам артыыстарбытын аттыбытыгар сэргэ тутан, биир сыанаҕа оонньуу сылдьарбытыттан, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэрбититтэн дьоллооҕунан ааҕынабыт.

 Алексей Еремеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Ил Түмэн) Государственнай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ:

  • Убаастабыллаах Зоя Петровна, эйигинөрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна кыһыл көмүс бэлиэлээх бочуоттаах грамотанан наҕараадалыыбыт. Сахабыт сиригэр Зоя Багынанованы билбэт киһи диэн суох буолуохтаах… Кини артыыска эрэ буолбакка, сценарист быһыытынан эмиэ киэҥник биллэр. Поэтическай биэчэрдэрэ киһи сүрэҕин долгутар, ыччаттары үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар аналлаахтар. Биһиги киэн туттар киһибит өссө даҕаны ситиһиилээхтик таптыыр театргар үлэлээн,куруук аттыбытыгар баар буол.Кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!

Юрий Куприянов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:

– Күндү Зоя Петровна, Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич аатыттан эҕэрдэ суругу уонна 100 сыллаах үбүлүөйдээх мэтээли туттарыам иннинэ биллэриэм этэ, Зоя Петровна үбүлүөйдээх сылыгар Өрөспүүбүлүкэбит историяҕа киирэр баараҕай 100 сааһын бэлиэтиир. Бүгүн Сахабыт сирин ситиһиитин, талааннарын кэккэтигэр киирэр айымньылаах үлэлээх ытык-мааны артыыскабыт Зоя Багынанова аатын доргуччу ааттыыбыт. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэбит сүдү улахан наҕараадатын– Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни ылар үөрүүлээх сонуну дохсун ытыс тыаһынан көрөөччүлэргэр тиэрдэбин!

Евгения Михайлова,М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет президенэ:

– Ытык-мааны Зоя Петровна, бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүнэн федеральнай университет 20000 устудьуоннарын уонна 4000 үлэһиттэрин ааттарыттан, талааҥҥытыгар сүгүрүйэн туран,эрчимнээхтик эҕэрдэлиибит.Театры кытта эйгэлэспит, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар өр сылларга үлэлээбит буолан, Саха театрын премьераларын, эн толорор оруолларгын чопчутук өйдүүбүн. 56 сыл театрга, култуураҕа, ускуустубаҕа сулууспалаабыт дьон олох аҕыйах буолуохтааххыт. Онон киэн туттан уонна холобур быһыытынан эн ааккар сүгүрүйэн туран, бэлэхпитин туттарарбытын көҥүллээҥ.

Мария Христофорова,Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай дьокутаата, «Ил Түмэн» бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ:

Сахабыт норуота олус ытыктыыр артыыската, күндү киһибит Зоя Петровна!Эйигин үбүлүөйдээх күҥҥүнэн эҕэрдэлээн туран, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын аатыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна театральнай ускуустубатын сайдыытыгар улахан кылаатын иһин үрүҥ көмүс бэлиэнэн уонна бочуоттаах грамотанан наҕараадалыырбын көҥүллээ.Куорат аҕа баһылыга Евгений Николаевич уонна куораттааҕы дуума салалтата эн үөрүүгэр кыттыһар, духуобунас сайдыытыгар, тыл-өс култуурата чиҥииригэр, сахалыы эйгэ кэҥииригэр киллэрсэр кылааккын үрдүктүк сыаналыыр.

 Владимир Поскачин, «Үөһээ Бүлүү улууһа» Муниципальнай тэриллии баһылыга:

Күндүтүксаныыр тапталлаах эдьиийбитин Зоя Петровнаны 80 сааскын туолбуккунан төрөөбүт түөлбэҥ, Үөһээ Бүлүү дьонун-сэргэтин аатыттан итиитик-истинник эҕэрдэлиибит! Долгуйан аҕай, күүскэ тэринэн, анаан-минээн ыраахтан айаннаан кэллибит. Биһиги улуустан силистээх-мутуктаах сүдү талааннаах киһибит Зоя Петровна өссө да өр сылларга үлэлии-хамныы сылдьаргар баҕарабыт уонна эн тирэххэр, кэлэктиипкэр – Аан дойдуга саха омуга баарын биллэрбит, үрдүк таһымҥа айа-тута сылдьар Саха театрыгарситиһиилэри баҕарабыт!

Андрей Борисов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай сүбэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын уус-уран салайааччыта, Арассыыйа норуодунай артыыһа:

Ускуустуба саамай кырдьаҕас тэрилтэтигэр, Сахабыт театрыгар, биһиги ытыктыыр-сүгүрүйэр, бары киэн туттар киһибит – театрбытдалбар хотунаЗоя Петровнаускуустуба дьонугар куруук холобур буолаҥҥын, саҥаттан саҥа уобарастары айа тур диэн алҕаан тураммыт, Саха театрын аатыттан эҕэрдэ тылларын этэбит уонна кэлэктиип бүттүүнэ кыттыылаах бэлэхпитин уунабыт. Сүгүрүйэбит эйиэхэ!Саха норуотун тапталлаах артыыскатыгар Зоя Петровнаҕа уруй-айхал!Уруй! Айхал!

 Зоя Багынанова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, театр уонна киинэ артыыската:

Тапталлаах күндү көрөөччүлэрим! Миэхэ бүгүн уһулуччу долгутуулаах күн буолла. 80 сааспын бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ киэһэбэр туох баар наҕарааданы барытын туттум! Сүһүөҕүм үрдүгэр сылдьан, 80 сааспын көрсө, маннык улахан оруолларга, сүдү ыччаттары кытта оонньуом, бииргэ үлэлиэм диэн урут да ыраламматаҕым…Былатыан Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреатын үрдүкаатын сүгэр диэн улуу дьыала! Онон үтүөкэннээх бар дьоммор, театрбар эһиэхэ, сүүрэн-көтөн тэрээһиммин ыыппыккытыгар барҕа махтал! Саха театра баарын тухары көрөөччүлэр куруук маннык толору кэлэн, артыыстары үөрдэ туоруоххут диэн эрэнэбин. Барыгытыгар туйгун доруобуйаны, өссө айымньылаах, таһымнаах үлэни баҕаран тураммын,«сүһүөх уйарынан, сүрэх тэбэрин тухары» үлэлииргэ бэлэммин диэн этэбин. Махтал, күндү Сахам сирин дьоно!

*     *    *

Бу күн ытык-мааны киһибитигэр Зоя Петровна Багынановаҕа анаан үтүө тыл эриэккэһэ, алгыс тыл бастыҥа этилиннэ.«Ытык киһиэхэ сүгүрүйүү, уһулуччулаах артыысканы чиэстээһин сиэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста», – диэн ыалдьыттар санааларын үллэстэллэр.

Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар,сүрүннүүр министиэристибэбитигэр, эҕэрдэҕэ кыттыспыт култуура тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, ускуустуба диэйэтэллэригэр, театрбыт бар дьонугар, Зоя Петровна оҕолоругар, сиэннэригэр уонна чугас аймахтарыгар махталбытын тиэрдэбит. Өссө биирдэ сахабыт норуотун тапталлаах артыыската З.П.Багынанова кыттыылаах «Төлкө» испэктээкилгэ кэлэн ыалдьыттаабыт көрөөччүлэрбитигэрытыктабылбытын биллэрэбит!

Сахабыт театрын сэргиир дьон үксүү турарыттан, эдэр дьон театрдыын эйгэлэһэриттэн сэмээр үөрэбит. «Сахабыт сирин талааннарын, литературабыт улуу айымньыларын сэргээҥ!», – диэн ыҥырабат уонна үгүс дьон көрдөһүүтүнэн Зоя Петровна оонньуур«Төлкө» испэктээкилин ыам ыйынааҕы репертуарга киллэрбиппитин иһитиннэрэбит. Онон ыам ыйын 20 күнүгэр көрсүөххэ диэри, күндү көрөөччүлэрбит!

Сиибиктэ Петрова,

П.А.Ойуунускай аатынан

Саха академическай театрын

пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА