Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Дьарыктаах буолууну көҕүлээһин сыла биллэриллэн, олохтоох дьону бырамыысыланнай хампаанньаларга үлэлэтиигэ бастакы хардыылар оҥоһуллан эрэллэр. Бу күннэргэ СӨ Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин оробуочай бөлөҕө Чурапчы улууһугар үлэлээтэ.
Үлэтэ суох сылдьааччылар бырамыысыланнай хампаанньаларга бастайааннай уонна быстах үлэнэн хааччыллалларыгар, бастатан туран, анал үөрэҕи ааһыахтарын наада. Билигин туһааннаах бырагырааманы Дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ «Якутуголь» хампаанньаны кытары оҥорон бэлэмнээтэ. Бырагыраамаҕа олоҕуран, илин эҥээр улуустар олохтоохторо Чурапчыга «Алгыс» үөрэх киинигэр үөрэниэхтэрэ, оттон практикаларын Нерюнгрига «Якутуголь» эбийиэктэригэр барыахтара.
Чурапчыга ыытыллыбыт оробуочай бөлөх тэрээһинигэр Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Амма уонна Чурапчы Дьарыктаах буолуу кииннэрэ кытыннылар.
Оттон «Якутуголь» хампаанньа 100-тэн тахса үлэ миэстэтинэн хааччыйарга бэлэм. Үлэҕэ киирээччилэри үөрэтии номнуо олунньуттан саҕаланыаҕа.