«Капитоновка» инвестиционнай былаһааккаҕа «Якутия» ТОР оҥорон таһаарыыга анаммыт эбийиэги арыйыыга бэлэмнэнэр. Управляющай хампаанньа дириэктэрин тутууга солбуйааччыта Федор Барашков эппитинэн, саҥа тутууга арендатордар бааллар.
Саҥа арендатордар манна электробайктары, бетоҥҥа эбилиги, бытовой химияны уонна да атын технологичнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыахтара.
«Саҥа эбийиэккэ промышленниктар киириэхтэрэ, бырайыак быһыытанан ол учуоттаммыта. Иэнэ улаатыннарылынна. Үлэ саҕаланыытыгар наадалаах барыта баар. Ахсынньыттан саҕалыахтара», — диэтэ кини.