22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Якутия» чэпчэтиилээх авиабилиэттэри атыыга таһаарда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 13 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа Дьокуускай — Москва, Дьокуускай — Иркутскай уонна төттөрү хайысханан субсидиялаах авиабилиэттэри атыылаан саҕалаата.

Дьокуускай — Москва хайысханан чэпчэтиилээх тариф сыаната 7000 солк., Дьокуускай — Иркутскай хайысханан сыаната 2500 солк. От ыйын 28 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьоххо атыыланар.

Чэпчэтиилээх авиабилиэттэри бу дьон атыылаһыахтарын син:

22- гэр диэри саастаах ыччат (Хатылы);

55-тэн үөһээ саастаах дьахталлар;

60-тан тахса саастаах эр дьон;

хайа баҕарар саастаах, 1-кы бөлөхтөөх инбэлииттэр  уонна кинилэри арыаллыыр дьон;

кыра эрдэхтэриттэн 2- с уонна 3-с бөлөхтөөх инбэлииттэр;

инбэлииттэри арыаллыыр дьон;

тустаах докумуоннардаах элбэх оҕолоох ыаллар.

Субсидияламмыт билиэттэр авиакассаларга эрэ атыыланаллар. Маныаха чэпчэтиинэн туһанар быраабы туоһулуур докумуону көрдөрөр булгуччулаах .

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА