Сенатор Вячеслав Штыров кинигэлэрэ Россия судаарыстыбаннай библиотекатыгар бэрилиннилэр.
Цифровойга киллэриинэн өрөспүүбүлүкэ Национальнай библиотеката дьарыктанна.
“Биһигиттэн Вячеслав Штыров бэрэстэбиитэллэрэ кини үлэтигэр анаммыт кинигэлэри оцифровкалыырга уонна электроннай көрүҥүнэн Саха сирин национальнай библиотекатыгар уонна Национальнай электроннай библиотекаҕа киллэрэргэ көрдөспүттэрэ. Бу кэмҥэ диэри биһиэхэ Россия таһымнаах библиотекаҕа ааптар баҕатынан кинигэни киллэрбит уопуппут суоҕа. Билигин атын да ааптардар маннык гынар кыахтаннылар”, — диэн кэпсээтэ библиотека цифровой кыахтарын олохтооһуҥҥа уонна туһаныыга кылаабынай библиограба Елена Алебастрова.