24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Владимир Путин: “Тыа сириттэн дьиҥнээх патриоттар үүнэн тахсаллар”

10:37, 29 марта
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Тверь уобалаһыгар култуура үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүгэр тыа сиригэр, кыра куораттарга култуура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьон үлэлэрэ олус суолталааҕын бэлиэтээн эттэ.

Владимир Путин мунньах кэмигэр култуура билигин, дойдубут уустук кэмигэр, олус улахан суолталааҕын эттэ.

— Култуура нөҥүө биһиги духуобунаспыт, үгэспит, норуот быһыытынан уратыбыт бэриллэр. Ыарахан, уустук кэмнэрбитигэр биһиги мантан күүс-уох ылынабыт, санаабытыгар санаа эбинэбит. Ол иһин олохпутугар култуура олус улахан суолталаах, — диэн этэр кини.

Салгыы кини тыа сирин бибилэтиэкэлэриттэн, музейдарыттан төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх дьон үүнэн тахсалларын бэлиэтээтэ.

— Тыа сиригэр, кыра куораттарга култуура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьону ойуччу тутан бэлиэтиэм этэ. Бастатан туран, кинилэр күннэтэ нэһилиэнньэни кытары быһаччы үлэлэһэ сылдьаллар. Нэһилиэк барыта култуура эбийиэктэрин тула эргийэр. Киһи барыта Улахан эбэтэр Мариинскай тыйаатырга сылдьыбат. Оттон манна, тыа сиригэр, дойду историятын кэпсиир, уратытын көрдөрөр олохтоох музейдар, бибилэтиэкэлэр ааннара куруутун аһаҕас. Мантан саҕыллар эбээт, төрөөбүт төрүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу, — диэн бэлиээтээтэ.

Санатан эттэххэ, Владимир Путин быйылгы Анал этиитигэр “Земский работник культуры” диэн анал бырагырааманы киллэрбитэ. Бу бырагыраама 2025 сылтан кыра куораттарга, тыа сиригэр үлэлиэҕэ. Уһук Илин эрэгийиэннэргэ, Донбааска уонна Новороссияҕа бу бырагырааманан үлэлии кэлбит киһиэхэ икки мөлүйүөн солкуобай биир кэмнээх төлөбүр бэриллиэҕэ. Атын эрэгийиэннэргэ биирдии мөлүйүөн солкуобай, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА