Дойду президенэ Владимир Путин холбоһуктаах быһа кэпсэтиитэ уонна суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэтэ 4 чаас 27 мүнүүтэ салҕанан барда. Бу кэмҥэ судаарыстыба салайааччыта 76 ыйытыыга хоруйдаата. ЯСИА сүрүн этиилэргэ тохтоото.
- Президент Россия экономикатын бигэ туруктаах диэтэ. ВВП 2024 сыл түмүгүнэн үрдээһинэ 4 бырыһыаҥҥа чугаһыыр.
- Анал байыаннай дьайыы зонатыгар балаһыанньа тосту уларыйар, фронт линиятыгар барытыгар хамсааһын барар.
- РФ эйэлээх сөбүлэҥи Киевка ханнык баҕарар легитимнай былааһы кытта түһэрсэргэ бэлэм.
- Россия президенэ муора пехотатын 155 биригээдэтин знамятын бары байыастар знамяларын Бэлиэлэринэн ааттаата. Бу биригээдэҕэ Саха сириттэн Россия Геройа Дмитрий Егоров-Сунтаар сулууспалаабыта.
- Дохуот уонна хамнас ордук улаатар, табаарынай маасса уонна таһаарыллар бородууксуйа иэнэ улаатарыттан.
- Ипотека кирэдьиитин биэриигэ лимит суох буолуохтаах, ордук дьиэ кэргэн ипотекатыгар.
- Ийэ хапытаала «ураты оҥоһуу» буолар, Российскай Федерацияҕа уонна куруук толорулла турар.
- Россия олохтоохторун утары масыанньыктааһыны Украина анал сулууспата хонтуруоллуур, харчыны сүүлүктээн ылыы судаарыстыба таһымыгар таҕыста. Онон бааннар кирэдьиит биэриэхтэрин иннинэ гражданнар төлөһөр кыахтарын бэрэбиэркэлиэхтэрин наада.
- Россия Сэбиэскэй Союз кэмиттэн дьиэ тутуутугар рекорд олохтоото.
Сиһилии манна аах.