ВАДА ааҕыныстыбата Россия спортсменнарын аан дойду таһымнаах күрэхтэртэн устуута — олимпийскай сөбүлэһиини кэһии буолар. Бу туһунан Владимир Путин улахан пресс-конференцияҕа биллэрдэ.
«Бу быһаарыы чиэһинэйэ эрэ суох буолбакка, быһыы-майгы өттүнэн сөп түбэспэт. Маннык быһаарыы ааспыт Олимпиадаҕа ылылла сылдьыбыта. Билигин эмиэ хатыланна. Ханнык да быраап систиэмэтигэр суох быһыы. Биһиги спортсменнарбыт улахан аҥардара ыраас буоллаҕына тоҕо буруйдуохтаахтарый? «Ыраастаан» кэбиһэргэ санаммыттар», — диэтэ Владимир Путин.