25 Сэтинньи 25.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Владимир Путин Кыайыы 75 сылыгар анаммыт байыаннай параад бэс ыйын 24 күнүгэр буоларын эттэ

10:00, 27 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду Президенэ Владимир Путин Кыайыы 75 сылыгар анаммыт параад күнүн болдьоото — бэс ыйын 24 күнэ. 1945 сыллаахха бу күн кыайыылаахтар параадтара буолбута. Ол туһунан судаарыстыба баһылыга оборуона миниистирэ Сергей Шойгуну кытта көрсөрүгэр эттэ, СИА суруйар.


«Кыайыы 75 сылыгар анаммыт параадка бэлэмнэниини саҕалыыргытыгар бирикээс биэрэбин: Россия киин куоратыгар Москваҕа уонна атын куораттарга. Бэс ыйын 24 күнүгэр параадтыахпыт. Бу күн 1945 сыллааха историяҕа киирбит кыайыылаахтар параадтара буолбута. Кыһыл болуоссатынан Москва, Ленинград, Сталинград уоттаах кыргыһыыларын ааспыт байыастар, Европаны босхолообуттар, Берлины ылбыттар сэлэлии хаампыттара. Параадка бэлэмнэниигэ туох баар ирдэбили тутуһары хааччыйаҕыт. Кимиэхэ да куттал суоһуо суохтаах«, — диэтэ Путин оборуона миниистиргэр Шойгуга.

Бу көрсүһүү кэмигэр «Үйэлээх полк» марш ыытыллыытын күнэ этилиннэ. «Биһиги хайдах да социальнай тэйиччи туттууну бу тэрээһиҥҥэ хааччыйар кыахпыт суох. Онон дьаһалы арыый хойутаан, от ыйын 26 күнүгэр тэрийэргэ этэбин. Бу эмиэ биһиги дойдубут историятыгар бэлиэ күн — байыаннай-муора флотун күнэ«, — эбэн эттэ президент.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА