Балбаах скульптураларынан биллибит Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Боппосов хортуоппуй олордор ураты ньыманы толкуйдаан, туһаммыта түөрт-биэс сыл буолбут эбит. Бу туһунан «Саха» НКИХ телеграм-ханаала сырдатар.
«Систэрэ ыалдьар дьоҥҥо олус табыгастаах тэрил. Элбэхтэ төҥкөйбөккүн, бэйэҥ бэйэҕэр сылдьан аа-дьуо хортуоппуйгун олордоҕун», — диэн Михаил Трофимович этэр.
Михаил Трофимович хортуоппуйун сымыыт хаатыгар уурар эбит. «Сымыыт хаатын туһанар үчүгэй. Дьиэ киттийбэт уонна ханна баҕарар көһөрө сылдьаҕын…», — диэн кэпсиир, суруйда Саха сирэ саайт.