25 Сэтинньи 25.11
  • -20°
  • $ 102,58
  • 107,43

Уус Алдан улууһун киин балыыһатын быраастара  Суоттуга уонна Майаҕаска нэһилиэнньэни көрдүлэр

Пресс-служба Усть-Алданской ЦРБ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун киин балыыһатын быраастара  Суоттуга уонна Майаҕаска нэһилиэнньэни көрдүлэр. Профосмотрга анал испэсэлиистэр: кардиолог-быраас, эндокринолог, терапевтар, УЗИ бырааһа, онколог, офтальмолог уо. д. а. кытыннылар.

Уус Алдан киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анна Петрова этэринэн, маннык медицинскэй көрүүлэр ыарыыны эрдэ-сылла буларга эрэ буолбакка, нэһилиэк олохтоохторун доруобуйаларын уопсай хартыынатын билэр кыаҕы биэрэллэр.

«Хас биирдии ыал кэриэтэ бэйэтэ хаһаайыстыбалаах буоллаҕа, онон оройуон киинигэр сыллата көрдөрүнэ киирэр-тахсар кыаҕа суох. Оттон үгүс дьоммут араас хроническай ыарыылардаах, ону хонтуруоллуур наада, сороҕор эмтээһин корректировканы эрэйэр. Онон, тыа сирин олохтоохторугар быраастар нэһилиэккэ баран дьону көрөллөрө табыгастаах бөҕө буоллаҕа», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ кини.

Медиктэр 100-чэкэ киһини көрдүлэр. 17 ыарыһахха эбии чинчийиигэ анал хайысхалар бэрилиннилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА