Кулун тутар 15-19 күннэригэр Уус Алдан улууһугар СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин Күннэрэ ыытыллаллар. Оройуон 25 нэһилиэгэр култуура эйгэтин үрдүк ситиһиилэрэ көрдөрүллүөхтэрэ, бастыҥ кэлэктииптэр, идэтийбит артыыстар кэнсиэртиэхтэрэ. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Саха сирин култуурата, искусствота кэнники кэмҥэ Россия, аан дойду аренатыгар далааһыннаах хардыылары оҥордо. Тыа сирин олохтоохторо ону барытын тута билсэр уонна көрөр кыахтара суох. Ол иһин кинилэргэ сырдатар-билиһиннэрэр сыаллаах маннык тэрээһиннэри ыытабыт», — диэтэ биэдэмистибэ баһылыгын солбуйааччыта Николай Макаров.
Күннэр чэрчилэринэн, өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах мусуойдарын быыстапкалара, биллэр-көстөр театральнай туруоруулар буолуохтара. Култуура уонна искусство үөрэҕин тэрилтэлэрин устудьуоннара ыччаттарга уонна үөрэнээччилэргэ идэҕэ уһуйуу кэпсэтиилэрин ыытыахтара. Култуура уонна искусство деятеллэрин айар холбоһуктара кыттыыны ылыахтара.
Санатар эбит буоллахха, былырыын маннык тэрээһин Ньурба улууһугар ыытыллыбыта.