Дьокуускайга Стадухин аатынан уулуссаҕа 14 саастаах уолу кырбаабыт 45 саастаах эр киһиэхэ холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биэдэмистибэ саайтыгар видео таһаарда. Уулуссаҕа кэтээн көрүү камерата уһулбут видеотыгар маҕаһыын иннигэр массыынаттан тахсыбыт эр киһи уол оҕону курткатын капюшонуттан тутан туран иккитэ сирэйгэ охсор. Оҕону кырбааһын төрүөтүнэн оҕо ураты тас көрүҥэ буолбута сабаҕаланар.
«Оҕону иккитэ сирэйгэ охсубут эр киһи тутулунна. Буруйданааччыга холуобунай дьыала тэрилиннэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Балаҕан ыйыгар полиция дьуһуурунай чааһыгар уол оҕо ийэтэ тыллаабыт, ол күн буруйданааччы тутуллубут.
Саха сирэ