23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Устудьуоннар #САХАКВН бэстибээлгэ ыҥыраллар

10:31, 18 декабря 2023
Текст:
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын көҕүлээhиннэрин киинэ уонна СӨ «Саха КВН Лигата» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтэ ахсынньы 26 күнүгэр Дьокуускай куорат устудьуоннарын хамаандаларын ардыларынааҕы «Саха КВН» оонньууларын фестивалын ыытар.

Сэргэх олохтоох, көр-күлүү аргыстаах уонна айар эйгэни сэҥээрэр ыччаты доҕордоhуу түhүлгэтигэр ыҥырабыт!

Хамаандаҕытын түмэн, сайаапка биэрэн, «Саха КВН» оонньууларыгар кыттыhыҥ. Бэстибээл түhүмэхтэрэ: «Эҕэрдэлэhии», «Биатлон» уонна «Ыйытынньык».

Кыайыылаахтар «Саха КВН» 2023 сыллааҕы Кубогын ылыахтара, итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ олохтообут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара, СИА-ҕа суруйдулар тэрийээччилэр.

Билсэр төлөпүөҥҥүт: 8(996) 915-32-61, Евгений

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА