22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Уруйдуубут Улуу Кыайыыны!» Үөһээ Бүлүүгэ үҥкүү күрэҕэ

10:45, 12 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөгөйдөөх Кыайыы күнүн көрсө тэрилтэлэр холбоһуктаах хамаандалара түмсэн, биир санаанан салайтаран ырыа, үҥкүү күрэстэһиитигэр көхтөөхтүк кытыннылар.


Биир таҥастаах хамаандалар, гимнастеркалаах, байыаннай көстүүмнээх кыргыттар, уолаттар биир хамсаныыларынан, эрчимнээх туттууларынан-хаптыыларынан Кыайыы бырааһынньыгын уруйдаатылар-айхаллаатылар. Хас биирдии нүөмэри көрөөччүлэр ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр.

Былырыын Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх тэрээһинигэр үҥкүү күрэҕэр киин балыыһа коллектива чаҕылхай нүөмэринэн кыттан бастакы бочуоттаах миэстэни ылбыта. Бу да сылга ситиһиилэрин ыһыктыбакка, «моряк» үҥкүүлэринэн кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Оттон иккис миэстэҕэ 1, 2, 3, 4, 5 №-дээх оҕо саадтарын, военкомат, ДЮСШ, айылҕа харыстабылын инспекциятын холбоһуктаах хамаандаларын кэрэ аҥардарын үҥкүүлэрэ таҕыстылар, үһүс миэстэни Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын, Ю.Н.Прокопьев аатынан 3 №-дээх оскуола, «Сахатранснефтегаз» холбоһуктаах хамаандалара ыллылар. «Дьон көҕүн тардыбыт бөлөх» номинация улуус дьаһалтатын, үп-харчы управлениетын, КУМИ, кииннэммит бухгалтерия, спорт управлениетын, субсидия агенствотын холбоһуктаах хамаандаларыгар уонна «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация профессиональнай техникум хамаандатыгар иҥэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА