21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

“Урбаан”, “түмэл”, “билим” бигэргэннилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
От ыйын 21 күнүгэр тиэрмин хамыыһыйатын иккис мунньаҕар норуокка киэҥник тарҕаммыт, туттулла сылдьар тыллары бигэргэттилэр, диэн Саха сирэ суруйар.

Мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иилээн-саҕалаан ыытта. Бастакы көрсүһүүгэ хамыыһыйа дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕаммыт, туттулла сылдьар тиэрминнэри тута бигэргэтэргэ сөбүлэспиттэрэ. Ол курдук, дьүүллэһии, куоластааһын түмүгүнэн, холобура, түмэл (музей), урбаан (предпринимательство), уһуйаан (детский сад), куйаар ситимэ (интернет), билим (наука) уонна да атын киэҥник биллэр тарҕаммыт тыллар бигэргэннилэр. Мөккүөрдээх тиэрминнэргэ өссө сүбэлэһии барыаҕа. Бу тиэрминнэри, кэлэр нэдиэлэҕэ сонуну киэҥник тарҕатар эйгэҕэ таһаарыахтара, “Саха сирэ”, “Кыым” хаһыаттарга бэчээттиэхтэрэ, «Саха» НКИХ араадьыйата, тэлэбиидэнньийэтэ сиһилии кэпсиэҕэ.

Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, дириҥ хорутуулаах үлэ ирдэнэр. Манна билим эйгэтин кытта ыкса үлэ барыаҕа, инники күөҥҥэ үлэ, киэҥ эйгэҕэ туттулар сахалыы тиэрминнэри ырытыһыыга, бигэргэтиигэ туһуланыаҕа.

Тиэрмин хамыыһыйата Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан быйыл тэриллибитэ. Хамыыһыйаҕа саха тыла сайдарын, чөл хааларын туһугар 20-тэн тахса билим үлэһиттэрэ, суруналыыстар, уопсастыбанньыктар киирэн, сүбэлэһэн, ырытыһан саха тылыгар туттуллар тиэрминнэрин бэрэдэктиир, бигэргэтэр соруктаахтар.

Ааптар: Чокуур Гаврильев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА