“Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар – 75 лекция-кэнсиэр!” диэн сэрии сылларын оҕолоро тэрийбит өрөспүүбүлүкэтээҕи лекция-кэнсиэрдэр салҕанллар. Бу күннэргэ үс ытык кырдьаҕас Нам улууһугар үлэлиир. Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр, кэлэр көлүөнэ ыччакка историяны кэпсиир, сырдатар сыаллаахтар.
“Биһиги бырайыакпытын, этиибитин өйөөн, ылынан илиилэрин утары ууммут култуура министиэристибэтигэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Победа” кэмитиэккэ, Сахабыт сирин олохтоохторугар махталбыт муҥура суох”, – дииллэр ытыктабыллаах кырдьаҕастар Нам улууһун олохтоохторун кытта көрсүһүүгэ. Санатан эттэххэ, кинилэр бастакы тэрээһиннэрэ балаҕан ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаламмыт.
Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар – 75 лекция-кэнсиэр!” тэрээһин Нам улууһугар “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр буолла. Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторо, оскуолаларын үөрэнээччилэрэ сэрии саҕаланыаҕыттан патриотическэй тыыннаах, ырыаҕа хоһуллубут хоһооннору, Улуу Кыайыыга анаммыт уруйдуур-айхаллыыр ырыалары бэркэ сэҥээрэн көрдүлэр-иһиттилэр.
“Лекция-кэнсиэри көрдөрөр бөлөх чилиэттэрин билсибиппит номнуо балачча кэм ааста. Маны этэн туран, Өктөөп революцията буолбута 100 сылыгар, бар дьоммутугар сүүс кэнсиэри көрдөрөн, бэлэхтээн турардаахпыт. Онон этэргэ дылы, маннык хамсааһыннарга бэлэмнээх, үөрүйэх дьон буолабыт. Буолан ааспыт кэнсиэрдэрбит өрө көтөҕүллүүлээхтик ааспыттара уонна бары култуура дьиэлэрэ наһаа үчүгэйдик көрсөллөрө биһиэхэ күүспүтүгэр күүс эбэр. Саамай сүрүнэ, оскуола үөрэнээччилэрэ сэҥээрэллэриттэн уонна интэриэһэргииллэриттэн киһи санаата өрө көтөҕүллэр”, – диэн бөлөх салайааччыта, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Тихонов санаатын үллэстэр.
“Улуустарынан кэнсиэр көрдөрөрбүт үчүгэй эрэ өрүттээх буоллаҕа. Биир бэйэм маннык курдук үлэлэр баралларын наадалааҕынан ааҕабын. Ол курдук үйэ уларыйан, араас өйдөөх-санаалаах дьон элбээн, күнтэн күн нэһилиэнньэ санаатын буккуйара бүгүҥҥү күҥҥэ кистэл буолбатах. Онон, уруккуну кэпсиир, сырдатар историяны, олорон ааспыт дьон өйүн-санаатын кэлэр көлүөнэ ыччакка бары күүспүт тиийэринэн иҥэрэн хаалларбыт уонна тиэрдибит киһи диэн сыал-сорук туруорунан сылдьабыт,” – диэн кэпсиир Саха Республикатын култууратын туйгуна Валериан Емельянов.
“Биир дьиэ түөрт муннугар хаайтаран олорордооҕор, биһиэхэ кырдьаҕас дьоҥҥо маннык сылдьан кэнсиэрдиир үчүгэй. Холобура, элбэх дьону кытта алтыһан ирэ-хоро кэпсэтэҕин уонна оттон, тыа сирэ хайдах-туох олорорун көрөр, билэр буоллаҕыҥ”, – диир тойуксут, “Кыһыл сулус” совхоз бастакы дириэктэрэ Александр Андреев.
Кыһыҥҥы суол арылыннаҕына, тохсунньу ыйга кэнсиэрдиир бөлөх илин эҥэр улуустарга айанныаҕа. Сэрии сылларын оҕолоро бөлөх түмүктүүр 75-с кэнсиэрэ муус устарга Дьокуускай куоракка буолуоҕа.
Ааптар: Харысхан ПОПОВ, Нам улууһа