22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук Илиҥҥи ипотека. Бырагырааманы Саха сирин олохтоохторо биһирииллэр

14:02, 17 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын бастакы дэкээдэтэ көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 8 млрд 174 мөл. солк. суумалаах 2166 дуогабар түһэрсиллибит диэн, edersaas.ru суруйар.


Саха сиригэр көрүллүбүт үп — РФ эрэгийиэннэригэр саамай улахан кээмэйдээхтэрэ. Иккиһи Приморье, үсүһү Хабаровскай кыраайдар ылаллар.
«Ыам ыйыгар Саха сирэ бу бырагыраамаҕа эмиэ бастакы этэ. Ол аата, Саха сирин олохтоохторо бу бырагырааманы биһирээбиттэрэ көстөр. Итиннэ, онлайнынан сайаапкалары биэрии тиһигин тэрийии эмиэ үрдүк таһымнааҕа көһүннэ. Ити ыраах улуустары хабарга көмөлөстө», — диир СӨ бырабыыталыстыбатын бэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытын э.т. Кирилл Бычков.
Саха сиригэр чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитин биэриигэ бастакы дуогабар 2019 сыл ахсынньы 17 күнүгэр түһэрсиллибит. Итинтэн саҕалаан, уопсайа 9 148 сайаапка киллэриллибит. Онтон 5016 сайаапка (60%) биһирэбили ылбыт. Арассыыйа үрдүнэн, билигин «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама чэрчитинэн, дойду 11 эрэгийиэнигэр уопсайа 27 млрд 438 мөл. солк. суумалаах 7915 дуогабар түһэрсиллибит.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА