30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

«Уһук Илиҥҥи гектары» ылыыга 13000 сайабылыанньа киирдэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Уһук Илиҥҥи гектар» бэрэсидьиэн бырагыраамата Саха сирин олохтоохторугар былааннарын олоххо киллэрэллэригэр көмөлөһөр.

От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан «Уһук Илиҥҥи гектары» ылыыга 13000 сайабылыанньа киирдэ. 2500 сир учаастагын бас билиигэ уонна уһун болдьохтоох арендаҕа биэрдилэр.
Тустаах бырагыраама көмөтүнэн Арассыыйа олохтооҕо Уһук Илиҥҥэ учаастак ылан, дьиэ туттуон, бултуон, балыктыан, сүөһү иитиэн, оттуон, туристары хааччыйыан сөп.
Ону тэҥэ бырагыраама көмөтүнэн араас чэпчэтиилэри, субсидиялары, граннары ылан, гектарынан бырайыагы олоххо киллэриэххэ сөп.

Агеевтар дьиэ кэргэн бырайыактара ситиһиилээхтик олоххо киирэрэ холобур буолар. 2020 сылга кинилэр Бэрдьигэстээххэ «Маатта» турбазаны тутан саҕалаабыттара. Бүгүн бу бааза ыалдьыттарга толору сынньанар кыаҕы биэрэр. Сынньанар сиргэ кыһын кытта кэлэллэр. Өссө кинилэр «Maatta House» ыалдьыт дьиэтин арыйбыттара.

Кинилэр холобурдарынан Бэрдьигэстээххэ Маатта үрэх таһыгар Алексеевтар диэн эдэр ыал гектар ылан, оройуон дьаһалтатын көмөтүнэн «Шишки» турбазаны үлэлэттилэр. Онон кумах кытылга дьон сынньанар. Кинилэр 600 ыалдьыты көрүстүлэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Источник: Саха сирэ саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА