Судургу визанан 14 дойдуттан 8 тыһыынча омук киһитэ туһанна. Саамай көхтөөхтөрүнэн КНР (5,5 тыһыынча киһи) уонна Япония (2,3 тыһыынча кэриҥэ) буоллулар. Бу туһунан РФ Илиҥҥи сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Омук инвестордара уонна туристар түргэнник, туох да харгыһа суох босхо электроннай визаны оҥотторуохтарын уонна Приморскай кыраайга, Камчаткаҕа уонна Сахалиҥҥа кэлиэхтэрин сөп”, — диэн РФ Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ Александр Галушка бэлиэтээтэ.
СИА.