Саха сирин народнай артыыһа, Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ үҥкүү национальнай театрын солиһа Дмитрий Артемьев РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ санаатын эттэ.
— Мин санаабар, Россия Конституциятыгар киллэриллибит «Государство защищает культурную самобытность всех народов и этнических общностей Российской Федерации, гарантирующей сохранение этнокультурного и языкового многообразия» диэн көннөрүү олус суолталаах, ордук национальнай театрдар сайдыыларыгар туһалаах. Театрдарга сайдыыны уонна үүнүүнү мэктиэлиир.
Маны сэргэ нуучча тылын, национальнай тыллары өйүүр көннөрүү олус суолталаах. Тыл — төрүппүт төрүөтэ. Үгэстэри ситэрэн биэрэн, хас биирдии нация этнос ураты майгына харыстабыллаах буоларыгар кылаатын киллэриэ.
Дьоммун-сэргэбин РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһыҥҥа кыттаргытыгар ыҥырабын.