Бүгүн Юрий Трутнев уонна Егор Борисов “Симиир “хампаанньаҕа үбүнэн кыттыһан баран хаһыс да сылларын дьиэлэрэ үлэҕэ киирбэккэ турар дьону кытта көрүстүлэр.
Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥи ФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ бу дьоҥҥо күлүүстэрин ый иһинэн биэрэллэригэр сорудахтаата уонна Чайковскай уулуссаҕа киириэхтээх дьиэ болдьоҕун кэспит дьону сэмэҕэ тардарга эттэ.
Салгыы кини Егор Борисовка туһаайан, дьиэ итэҕэһин-быһаҕаһын ый устата ситэрэллэригэр соруйда. Вице-премьер өрөспүүбүлүкэ чунуобунньуктарын улаханнык кириитикэлээтэ.
“Егор Афанасьевич, тутуу министиэристибэтэ хайдах үлэлиирин көрөргөр көрдөһөбүн. 10 мөл солкуобай тутууну икки сыл устата кыайан бүтэрбэттэр, идэлэрин таһыма мөлтөх буолаарай. Маны быһаарсан, кими эмэ устуоххун наада”, — диэн эбэн эттэ Юрий Трутнев.
“Мин бу дьиэҕэ үөскээбит балаһыанньаны бэйэм быһаарсыам. Дьон күлүүстэрин түргэнник ыллахтарына табыллар”, — диэн эрэннэрдэ Егор Борисов.