40 л антисептигы уонна 3 000 маасканы Ил Түмэн депутата Виктор Лебедев Томпо улууһугар ыытта. Оройуоннааҕы киин балыыһа кэлэктиибигэр туттарылынна диэн, ulus.media суруйар.
«Биһиги стационарга үлэлиибит уонна пациеннар ыҥырыыларынан сылдьабыт. Дьаҥҥа сыстыбат уонна тулалыыр дьоҥҥо кутталы оҥорбот туһугар медиктарга билигин харыстанар сириэстибэлэр олус наадалар. Пандемияны кытта охсуһууга көмө иһин махтанабыт», – диэтэ Томпотооҕу балыыһа кылаабынай бырааһа Владислав Крылов.