Улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ-Тикси бөһүөлэгин филиала өрөмүөн кэннэ аһылларга бэлэмнэнэр. Ааҕар дьиэ аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээх, түргэн интернеттаах, балтараа төгүл элбэх киһини батарар кыахтаах буолуо. Бу туһунан СИАҕа култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Саҥардыы «Култуура» национальнай бырайыак көмөтүнэн барар. Былырыын тэрилтэ 5 мөл солк. сүүйэн, билигин өрөмүөн үлэтэ барар. Саҥа миэбэл, тиэхиньикэ, кинигэ ылыллан бэлэм сыталлар. Саҥардыллыбыт бибилэтиэкэ балаҕан ыйын бүтүүтэ, алтынньы саҕаланыытыгар аһыллыа.
От ыйыгар өрөмүөҥҥэ сабыллыбыт бибилэтиэкэ ааҕааччылары кытары үлэтин тохтоппотох. Ааҕар дьиэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттэһэн түргэн интернеттаах, буолуо, ааҕааччы балтараа-икки төгүл элбиэ.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/natsproekt-kultura-obnovlennaya-detskaya-biblioteka-tiksi-v-yakutii-gotovitsya-k-otkrytiyu/