30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Тэрилтэҕэ бэриллибит 60 мөл солк субсидияны суут сокуоннайа суох дьаһалынан аахта

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Прокуратура ирдэбилинэн суут өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан түүлээҕи соҕотуопкалыыр уонна түүлээхтэн оҥорон таһаарар акционернай уопсастыбаҕа бэриллибит 60 мөл солк субсидияны сокуоннайа суоҕунан аахта, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.

2020 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин талыы дьаһалын түмүгүнэн акционернай уопсастыбаҕа түүлээҕи соҕотуопкалааһыҥҥа уонна тириини-түүлээҕи оҥорон таһаарыыга ороскуоттарын сабыыга 60 мөл солк субсидия көрүллүбүт.

Үбүлээһини биэрии сокуоннаһын бэрэбиэркэлээһин түмүгэр биллибитинэн, субсидия юридическай сирэйгэ «Поддержка хозяйств, занимающихся промысловой охотой» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн бэриллибит. Бу түбэлтэҕэ субсидияны ылааччы промысловой бултааһынынан дьарыктанар хаһаайыстыба буолуохтааҕа биллибит.

Онон, уопсастыба хайысхата бырагыраама ирдэбилигэр сөп түбэспэтинэн, субсидия биэриитэ сокуоннайа суох дьаһал быһыытынан билиниллибит.

Министиэристибэ кэһиини туоратыыга миэрэлэри ылбатах уонна харчы бюджекка төннүүтүн ситиспэтэх.

Прокуратура Арбитражнай суукка ирдэбил оҥордо. Суут ирдэбилгэ сөпсөстө.

Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик уонна өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА