#ҮТҮӨСАНААНЫОҔОЛОРГО” диэн бырайыак бэс ыйын 1 күнүгэр киэһэ 5 чааска куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Ленин болуоссатыгар ырыа түһүлгэтигэр ыҥырар. Бу туһунан бырайыак ааптара Семен Посельскай кэпсиир.
Мичил Моисеев 11 кылааһы бүтэрдэ. Оҕо эрдэҕиттэн хараҕынан инбэлиит. Сатаан көрбөт. Кини ыра санаата — Алик Григорьевтыын бииргэ дуэтынан ыллааһын. Кини оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр ырыаһытын ырыатын барытын билэр, куруук истэр. Антон Иванов устуудьуйатын айар үлэтин сөҕөр-махтайар.
Биирдэ Мичил Антон Ивановтуун көрсүбүтэ. Дьылҕата бэйэтэ бэлэх оҥорбута диэххэ сөп. Ол кэннэ Антон инбэлиит оҕолор айар талааннарын арыйар, кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаах бырайыак оҥорор туһунан кэпсээбитэ.
«Бу күннэргэ Антон Владимирович айар устуудьуйатыгар Алик Григорьев Алексей Потаповы кытта ырыаларын суруйан таһаардылар. Альберт Мичили кытта көрсөн кэпсэтэн баран, чаас аҥарын иһигэр хоһоон суруйан, сарсыҥҥы күнүгэр доҕоругар Алексейга ырыа матыыбын ыла барбыта. Оннук ырыа үөскээн таҕыста», — диэн кэпсиир Семен Посельскай.
Бу бырайыак доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор талааннарын арыйыыга ананар, онон ааптардар куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын ис сүрэхтэн кыттыһаргытыгар ыҥыраллар. Чуолаан эһиги өйөбүлгүт оҕо инники идэтин таларыгар төһүү күүс буолуон сөбүн этэллэр.