23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

“СЫП-15” Светлэйдээҕи ГЭС-кэ сырытта

18:23, 27 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Промышленноһы интэриэһиргиир араас улуустан талыллыбыт 20 оҕо бүгүн Светлэйдээҕи ГЭС-кэ сырыттылар. “Электричество оҥоһуллар биир модун объегар сылдьан олус сөхтүбүт”, — диэн санааларын үллэһиннилэр.


Бу сүүнэ гидроэлектростанция сылга ортотунан 1200 мөл. кВтч уот энергиятын оҥорор. Агрегаттар кыамталара 360 мВт. Оҕолору ГЭС тэбэр сүрэҕинэн буолар эргийэ турар ротордар олус интэриэһиргэттилэр”, — диэн кэпсээтэ экспедиция суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин суруйар суруналыыс Александр Тарасов.

Аллара өрүс уута сүүрэрэ уонна ротордар эргийэн дьигиһийэллэрэ ыччаттар атахтарыгар бэриллэрин оонньуу кэриэтэ ылынан, син балай эмэ ол тула эргичиҥнэһэ сырыппыттар.

Объектары массыына саалатын смена начальниктара Егор Беланов уонна Дмитрий Маковский көрдөрбүттэр. Начальниктар оҕолор интэриэстэрин хайҕаабыттар. “Барытын көрдөрө, кэпсии сатаатыбыт. Тугу да мүччү тутуо суох курдуктар, барытын интэриэһиргииллэр”, — диэн түмүк оҥорбуттар.

Бу күн Светлэйдээҕи техникумҥа сырыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА