Уйулҕа үлэһиттэрэ бааһырбыт байыаннайдары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлииллэр. Түргэнник урукку олохторугар төннөллөрүгэр көмөлөһөллөр диэтэ Саха сиригэр Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьева.
«Биһиги сыалбыт − СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү, өй-санаа туруктаах буолуутугар өйөбүл, кыах баарынан үбүнэн көмөлөһүү», — диэтэ бэрэссэдээтэл. Кини эппитинэн, байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин барыларын кытта үлэлиэхтээхтэр.
«Аҕалар санаарҕыыллар, саҥата суох, күүскэ. Оҕолор социальнай ситимҥэ көрөллөр, оттон онно Россия байыаннайдарын хараардар видеолар бааллар. Ол иһин кинилэр аҕаларыгар, убайдарыгар сыһыаннара уларыйар. Ол иһин байыаннай уонна оҕо уйулҕатыгар исписэлиистэри бэлэмниир олус наадалаах», — диэтэ Светлана Владимировна 301-с байыаннай госпиталга Саха сирин делегациятын кытта сылдьан.
Текст: Маргарита Тарасова