Мотрёна Петровна Акимова 3 оҕо күн күбэй ийэтэ, 11 сиэн, 6 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ, үйэтин тухары Сиэйэ учаастактааҕы балыыһатыгар 43 сыл санитарканан үлэлээбитэ. Кини быйыл үбүлүөйдээх 90 сааһын туолла. Билигин Сунтаарга олорор.
Ытык кырдьаҕаһы нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов, киин балыыһа кэлэктиибэ итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Эдуард Егорович СӨ Ил Дархана Егор Борисов ыыппыт эҕэрдэ суругун, дойду президенэ Владимир Путин Кремльтэн ыыппыт кэмбиэрдээх суругун туттарда. 90 саастарын туолбут ытык кырдьаҕастарга анаан-минээн оҥоһуллубут үрүҥ көмүс бэлиэни Мотрена Петровнаҕа бэлэхтээтэ.
Мотрёна Петровна билигин кыра уолун дьиэ кэргэнигэр нус-хас олорор. Дьиэлээхтэр кэпсииллэринэн, эбэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри төлөпүөнүнэн бэйэтэ эрийэр, кэпсэтэр, дьиэ таһын харбыыр, элбэхтик хамсана-имсэнэ сатыыр, «Сунтаар сонуннара» хаһыаты көтүппэккэ ааҕар. Ытык кырдьаҕас мустубут дьоҥҥо сылаас сыһыаннарын, үтүө тылларын иһин махтанна. Ыалдьыттар «Аны 10 сылынан 100 сааскын туолар үбүлүөйдээх күҥҥүн бэлиэтиэхпит», — диэн эттилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл Сунтаар нэһилиэгэр 5 ытык кырдьаҕас 90 сааһын бэлиэтээтэ уонна улууска 8 ытык кырдьаҕас 100 сааһын туолла.