Сунтаарга дьиэ ис-тас көрүҥүн, уһаайба иһин араас ньыманан киэргэтэр ыал аҕыйаҕа суохтар. Биир оннук ыалынан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Пахомовтар буолаллар.
Ыал ийэтэ Татьяна Сергеевна «Берёзка» оҕо саадыгар иитээччинэн, оттон аҕалара Андрей Альбертович «Сунтарцеолит» тэрилтэҕэ үлэлииллэр. Кинилэр дьиэлэрин иһин-таһын сахалыы тыыннаах оһуордарынан киэргэтэллэрин сөбүлүүллэр. Билигин сынньалаҥҥа олорор эһэлэрэ Сергей Васильевич Егоров иллэҥ кэмигэр маһынан кыһан дьиэ ааннарын, олбуору сахалыы мындыр оһуордарынан киэргэтэр.
Ону таһынан улаханныын-кыралыын бары ылсан, тиэргэҥҥэ мас арааһын: рябина, бузина, хатыҥ, харыйа, сирень, боярышник, тополь, үүнээйи арааһын: биэрэс, помидор, оҕурсу, сад малината, дьэдьэн, моркуоп, кабачок үүннэрэллэр. Татьяна Сергеевна итини сэргэ сибэкки арааһын үүннэрэн, күһүн букет оҥорон, саас рассадалаан атыылаан, эбии дохуот киллэринэр. Эбиитин гиипсэнэн, боробулуоханан уонна 5 л. уу бытыылкатынан оҥоһуллубут куба, тааһынан оҥоһуллубут хомурдуос, чараппаахы Пахомовтар тиэргэннэригэр мэлдьи бааллар.
Тиэргэн иһэ мэлдьи дьэрэкээн сибэккилэринэн, араас оҥоһуктарынан киэргэйэн турар.
Татьяна Сергеевна Егорова, дьиэ хаһаайката:
– Биһиги үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Сунтаардааҕы гимназия туйгун үөрэнээччитэ, уолбут 1-кы кылааска үөрэнэр, кырабыт оҕо саадын иитиллээччитэ. Бэйэбит сахалыы куттаах дьон буолан, дьиэбитин сахалыы тыынынан киэргэтэрбитин сөбүлүүбүт. Мин аҕам, эһэбит Сергей Васильевич онно наһаа көмөлөһөр. Кини маһынан уһанан араас матыыптаах оһуордары бэйэтин өйүттэн айан таһааран оҥорор. Биһиэхэ өссө да былаан элбэх. Кыһынын, саҥа дьыл саҕана хаар оҥоһуктары оҥорор үгэстээхпит. Бары бииргэ мустан, саҥа сыл бэлиэтин эбэһээт оҥоробут. Бииргэ сылдьан сир астыырбытын, айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Аҕабыт байанайдаах булчут бэрдэ. Эһэбит оҕо саадыгар, оскуолаҕа тугу эмит оҥотторор буоллахтарына хаһан да аккаастаабат. Төһө кыалларынан көмөлөһөр. Ити курдук бары бииргэ бириэмэни көхтөөхтүк уонна туһалаахтык атаара сатыыбыт.