Сунтаар улууһугар 22 эдэр ыал дьиэ тутталларыгар анаан сертификаттары туттулар. Кинилэр «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» тус сыаллаах бырагыраамаҕа кииристилэр.
Улуустааҕы ыччат управлениетын начаалынньыга Роман Догойдонов сертификаты ыларга барыта 200-тэн тахса сайаапка киирбитин туһунан эттэ. «Билигин улууспутугар 8000-тан тахса ыччат олорор. Үгүстэрэ үлэлээх-хамнастаах дьон. Ол эрэн сорохтор сөптөөх олорор дьиэлэрэ-уоттара суох. Кыһалҕаны быһаарар инниттэн бу бырагыраама ылыллан үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Ааспыт 2015 сылга 33 ыал сертификаты ылбыт буоллаҕына, быйыл 22 ыал ылла. Төрүөтэ – быйыл бырагыраамаҕа федеральнай үп көрүллүбэтэҕэ буолар. Ону аахсыбакка, үгүс ыал ылар», – диэтэ кини.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев эдэрдэри эҕэрдэлээтэ. Кини билигин төһө да арҕаа дойдулар өттүлэриттэн Арассыыйаҕа араас санкциялары, хааччахтары оҥордоллор, дойдубут бэйэтин дьаалатынан үлэлии-хамсыы олорорун туһунан чиҥэтэн эттэ. «Маннык уустук кэмҥэ өссө күүскэ сомоҕолоһон, бииргэлэһэн, бэйэ-бэйэни өйөнсөн олоруохтаахпыт», – диэтэ.
Баһылык эдэр ыалларга сертификаттары туттарда. Бу сырыыга Сунтаар нэһилиэгиттэн 15, Тэҥкэттэн 1, Сиэйэттэн 1, Илимнииртэн 2, Хадантан 2, Бордоҥтон 1 ыал ыллылар.