Ааспыт сылга Сунтаар улууһугар үөрэх систиэмэтин модернизациялааһын федеральнайдааҕы бырагырааманан Тойбохой оскуолата өрөмүөннэммитэ. Оттон быйыл 2005 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбит Кутана оскуолатыгар үлэ барар.
«Элита строй» тутуу биригээдэтэ кэлэн, биир күн иһигэр муостатын бүтүннүү көтүрэн үлэ тэтимнээхтик барар. Кутана оскуолата 2005 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Хас биирдии таас эбийиэк 15 сыл арыттаах өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах. Манна кэмигэр саҕаланан, хаачыстыбата мөлтөөбүт, сырыынньа буолбут муостаны уларыталлар. Ону таһынан, сарайынан ардах курдары сүүрэр оскуолата. Онон маннык үлэ барара олус тоҕоостоох.
Капитальнай өрөмүөн республикаҕа ааспыт сылтан саҕалаан үлэлиир үөрэх систиэмэтин модернизациялааһын федеральнай программанан барар. Муостатын, эркинин, үрүтүн барытын уларытан аныгы, тупсаҕай бырайыактаах буолуоҕа. Маны тэҥэ, уотун ситимэ, турбалара саҥардыллыахтара. Уонна сүрүнэ сыллар устата эрэйдээбит канализацията оҥоһуллуоҕа.
Үлэни ааспыт сылга Тойбохой оскуолатын өрөмүөнүгэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит биригээдэ ылыста. Онон кэмигэр түмүктэнэн, былаан быһыытынан атырдьах ыйыгар саҥардыллыбыт оскуоланы кэрэхсии көрүөхпүт, суруйда @suntaar_ulus