Сунтаар бөһүөлэгин кытыытыгар аата суох күөлгэ саас аайы кустар кэлэн, төрөөн-ууһаан бараллар. Быйыл да ол үгэс хатыланна.
Сунтаар бөһүөлэгин олохтооҕо Мария Кириллина СИА-ҕа быйыл кустар хойутаабыттарын, өссө да итии дойдуларыгар көтө иликтэрин кэпсээтэ.
“Сылын аайы кэлэллэр. Ким да тыыппат. Таптаабыттарынан аһаан, сынньанан, төрөөн-ууһаан, сэниэ ылынан, күһүн итии дойдуларыгар көтөллөр. Быйыл хойутаатылар. Бу бүгүн биир ийэ кус оҕолорун кытта уста сылдьаллар. Күөл өссө да толору тоҥо илик. Сайыны быһа улааталларын көрөбүт. Сотору бараллар ини, саас эмиэ төннөн кэлиэхтэрэ”, — диэн кэпсээтэ кини.
Урут бу күөл оннугар сибиинньэ пиэрмэтэ турбут. “Эрдэ манна кыра күөл баара, онно сибиинньэлэр бадарааҥҥа сырыттыннар диэн бульдозерынан күттэрэн биэрбиттэрэ, ол билигин күөл буолбут”, — диэн Мария ситэрэн кэпсээтэ.