22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондата банкроттаатаҕына тустаахха харчыта төннөр

11:01, 29 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Президент Владимир Путин сокуоҥҥа илии баттаабытынан, уурунуу харчыны страховкалыыр Агентство баазатыгар (АСВ) судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларын кыттааччыларын бырааптарын харыстыыр систиэмэ тэриллиэҕэ. Дьаһал бааҥҥа харчы уурууга страховкалааһын курдук үлэлиэҕэ.

Мэктиэ буолар:

— НПФ лицензията аннулируйданыыта, баҕа өттүнэн буолбатах буоллаҕына;

— НПФ банкротствота.

Страховой түбэлтэ тириир кэмигэр икки сценарий үлэлиир. Өскө клиент харчы мунньунар, оччотугар кини компенсациятын кээмэйэ 1,4 мөл солк-га диэри буолар. Өскө киһи биэнсийэтин счётуттан ылар буоллаҕына, киниэхэ биэнсийэтин баар кээмэйинэн төнүннэрэллэр, ити эрээри кырдьаҕаһынан икки соцбиэнсийэ кээмэйиттэн элбэх буолуо суохтаах.

Харчыны төнүннэрии АСВ администрируйдуур НПО пуондатын счетуттан оҥоһуллар.

Сокуон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэҕэ киирэр.

Источник : @obyasnayemrf

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА