Дьокуускайга «Актуальные вопросы критических состояний» научнай-практическай конференция саҕаланна. Суһал көмө исписэлиистэрэ идэлэринэн таһымнарын үрдэтиигэ үөрэнэллэр. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Конференцияҕа оройуоттар уонна куорат уокурусктара бары кытталлар, ол иһигэр 20 исписэлиис миэстэтигэр кэлэн, 98 — видеоконференцсибээс эрэһииминэн.
Суһал көмөҕө ыарыһахтан ыҥырыы киирбититтэн саҕалаан, биригээдэлэри салайыыны киллэрэн туран, сүрэх-тыҥа реанимациятын, оҕолорго бастакы көмөнү оҥорууга, оһолго түбэспиттэри быыһааһыҥҥа тиийэ идэлэрин таһымын үрдэтиигэ ылсыахтара.
Тэрээһин суһал көмө исписэлиистэрэ нэһилиэнньэни кытта үлэлэрэ тупсарыгар ананар уонна «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.