Амма улууһун Сэргэ-Бэс сэлиэнньэтигэр тохсунньу 18 күнүгэр хочуолунайга саахал таҕыста. Миэстэтигэр чөлүгэр түһэрэр үлэлэр бараллар, суруйда ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Итиини биэрэр систиэмэҕэ алдьаныы тахсыбытын туһунан иһитиннэрии биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскай сулууспаҕа 06:25 чааска киирбитэ.
Хочуолунай «НИД-Строй» хампаанньаҕа баар, диэн биэдэмистибэҕэ чуолкайдаатылар. Уу күүскэ саайыытыгар алта радиатор биэс чааһынай дьиэҕэ уонна оскуолаҕа алдьанна.
Чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ 15 киһи кыттар — ОДЬКХ уонна «НИД-Строй» тэрилтэлэр.
Балаһыанньа тустаах министиэристибэ хонтуруолугар тутуллар.